Кытылга кыыс ытыыра

О книге

Автор книги - . Произведение относится к жанру современная русская литература. Год его публикации неизвестен. Международный стандартный книжный номер: 978-5-7696-2135-8.

Аннотация

Орто дойду олоҕун тыынныыр, киһи дьылөатыгар араастаан көстөн ааһар дьикти, нарын иэйии – таптал ардыгар муҥура суох дьоллуур, ардыгар олустук хомотон, ытатар-ыллатар, хаһан да умнуллубакка сүрэх түгэҕэр кистэнэн, кэрэҕэ сирдиир, угуйар сулус буолан тырымныыр.

Журналист Галина Нельбисова кэпсээннэригэр таптал, тапталга бэриниилээх буолуу, күүтүллүбэтэх өттүттэн саҥа баар буолбут иэйиигэ ылларыы, таҥнарыы кэргэнниилэр сыһыаннарыгар үөскүүр араас уустук быһыы-майгы нөҥүө ойууланар.

Читать онлайн Галина Нельбисова - Кытылга кыыс ытыыра


Кэпсээннэрин ааҕан үөрдүм

Уонтан эрэ тахса сыллааҕыта кыргыылаах баттахтаах кыргыттар халҕаһалара саха литературатын саба бүрүүкүүр атаакалара саҕаламмыта. Ол бастаан арҕаа уһуктан ааҥнаабыта – Сунтаар кыргыттара сулбу ойон тураннар (Сайа, Венера) уус тыллаах хоһооннорунан уйулҕаны хамсаппыттара. Онтон кинилэргэ уруккуттан суруйар Клара Васильева Ньурбаттан кынаттарыгар кыттыһан өрөгөйдөөх тылы өссө өрө көтүппүтэ, ол кэнниттэн Бүлүү куоратыттан Уйулҕаана олорсон устар ууну сомоҕолообута… Ити кэмҥэ илин өттүбүтүттэн илбистээх тыллаахтар кэккэлээн киирбиттэрэ – Умсуура, уолаттары умса садьыйталаат, оҕонньоттору ойоҕолоон ааспыта, саталаах тыллаах Саргы Куо саҥа күн тыктаҕын ахсын сайдан-тыллан испитэ, Амматтан эмиэ алыптаах саҥалаах Сардаана Амгинская саҕыллан таҕыста!

Поэзияҕа дьэ ити курдук, быһыты тоҕо тарпыттыы, кыргыттар күргүөмүнэн биирдэ көҥү анньан киирдилэр. Оттон проза, драматургия эйгэтигэр бастаан чуумпу соҕус этэ, онон-манан эрэ, сэниэтэ суох фонтаннардыы, өрүтэ тыгыалаан көрө-көрө уостан иһэллэрэ. Ол эрээри мин, хаһыаттарга үлэлиир публицист, очеркист кыргыттары ааҕа-ааҕа, күүтэр этим – прозабытыгар эмиэ кыргыттар тоҕо анньан киирэллэрэ буолуо диэн. Тоҕо диэтэххэ, хаһыат, сурунаал, телерадио үлэтэ, ол эбэтэр журналистика, уус-уран айымньыга киириигэ бастакы уонна эрэллээх олук буолар. Нуучча биллиилээх суруйааччылара хаһыаттан үүнэн тахсыбыттара, омуктар да оннуктар этэ (холобура, Хемингуэй), оттон саха суруйааччыларын үксүлэрэ бэчээккэ үлэлээбиттэрэ. Кыргыттар литератураҕа күргүөмүнэн анньан киириилэрэ билиҥҥи кэмҥэ сокуоннай – бэйэтин айылҕатынан кыыс оҕо нарын-намчы, иэйиилээх уйулҕалаах уонна куттаах-сүрдээх, онон кэрэни, үтүөнү ылбаҕайдык ылынымтыа. Аны туран ол да быһыытынан уонна эмиэ айылҕаттан кини иитэр, үөрэтэр-такайар аналлаах – санаан көрүҥ: үөрэҕэ суох саха ийэлэрэ-эбэлэрэ төһөлөөх үгүс оҕолорун, сиэннэрин иитэн, сүһүөхтэригэр туруоран киһи оҥорон таһаарбыттара буолуой! Оттон билиҥҥи кыргыттар ити үтүө айылгыларын таһынан өссө үрдүк үөрэхтэнэн билии-көрүү бөҕөнү ыллылар, аан дойдуну иилии эргийэн культуралара үрдээтэ, ис эйгэлэрин туруга бөҕөргөөтө – кинилэр хайа да нуучча, омук кыргыттарыттан-дьахталларыттан бэйэлэрин итэҕэстик санамматтар. Онон, былыргылыы эттэххэ, киһи сатыырын кини тоҕо сатыа суохтааҕый?!


Рекомендации для вас