Түүл буолан сүтүмэ

О книге

Автор книги - . Произведение относится к жанру современная русская литература. Оно опубликовано в 2008 году. Международный стандартный книжный номер: 978-5-7696-2951-8.

Аннотация

Сэһэҥҥэ таптаспыт сүрэхтэр бэйэ-бэйэлэригэр курдаттыы тардыһыылара, дууһаларын аймалҕана ойууланар.

Үгүс сыллары уҥуордаан сүтэрсибит сүрэхтэр сипсиэрдэригэр кубулуйбут таптал туһунан сэһэн эдэр-эмэн да ааҕааччыны умсугутуоҕа, олох кэрэтэ хаһан да бүппэтин өйдөтүөҕэ.

Читать онлайн Галина Нельбисова - Түүл буолан сүтүмэ


Сэргэлээхтээҕи эриэккэс эдэр сааһым эрэллээх доҕотторугар – «Саха салаата-79» устудьуоннарыгар ананар

Даша сүүрэр-хаамар икки ардынан түргэн-түргэнник элэгэлдьийэн дьиэтин диэки баран иһэр. Сар-сыардааҥҥы саҥа уһуктан эрэр айылҕа кэрэ көстүү-лэрэ, ыраах тыа кэтэҕэр кэҕэ чоргуйара, чыычаахтар чыбыгыраһаллара кини дууһатыгар баар өрө көтө-ҕүллүүтүн, ис иһиттэн үөрүүтүн-көтүүтүн оруобуна доҕуһуоллуурга дылылар. Барыта кини кулгааҕар кэрэ музыка буолан иһиллэр, ыраас ыра санааларынан кынаттыыр.

Бэҕэһээ киэһэ оскуоланы бүтэрбиттэрин банкет-таан баран, үгэс курдук, күнү көрүстүлэр, түүнү быһа сэлиэнньэлэрин уулуссаларынан хаамыстылар. Бан-кеты учууталлара, төрөппүттэрэ барахсаттар үчүгэй-дик да тэрийбиттэр. Бары даҕаны хаһан оскуола-бытын бүтэрэн улахан дьон буолабыт, этиллэринии олох киэҥ аартыгар атаарыллабыт диэн күүтэ, долгуйа сылдьыбыт оҕолор бэҕэһээ киэһэ уон сылы быһа үөрэппит-ииппит учууталлара саҥарбыттары-гар-иҥэрбиттэригэр, алгыс тылларын анаабыттарыгар уйадыйан ыллылар быһыылаах. Даша мунна кычыгы-ланан, күөмэйигэр туох эрэ хомуок кэлэн бүөлээн, хараҕа ууланан ыксаан ылла ээ…

Экзаменнарга бэлэмнэнэн буһуу-хатыы, аттестаты муҥутуурдук тупсаран салгыы үөрэххэ киирэр быраа-бы ыларга дьулуһуу күннэрэ кинилэр кылаастарын өссө түмсүүлээх оҥордо. Үөрэхтэригэр өрүү үчүгэй оҕолор предметтэринэн үллэстэн атыттарга көмөлөс-түлэр, иккилии-үстүү буолан кыттыһан экзаменнарга бииргэ бэлэмнэннилэр. Ол эрээри үөрэххэ барар быраап наар «4» уонна «5» сыанаҕа үөрэммит түөрт оҕоҕо бэрилиннэ. Атыттар бары «Оскуола – произ-водство – үрдүк үөрэх» девиһинэн совхозтарыгар хаалан икки-үс сыл үлэлиэхтэрэ турдаҕа. Кылааһынан бука бары биир фермаҕа тылламмыттара да, сураҕа, кыаллыбат курдук үһү. Учаастактарынан тарҕатыах-тара дэһэллэр.

Дьэ, Даша бу боппуруоска улахан толкуйга түһэ сылдьар. Саатар, оҕо эрдэҕиттэн доруобуйатынан мөлтөх, бүөрүнэн ыарытыйан эмтэнэн тахсар буоллаҕа үһү. Дьэ ол иһин ийэлээх аҕата туох иһин ферма үлэтигэр ыытыахтарын баҕарбаттар, хайдах эрэ гынан үөрэххэ ыытар санаалаахтар. Даша аттестатыгар икки эрэ «үстээх» иһэр. Химияҕа уонна алгебраҕа. Учуу-таллара төһө да «4» сыанаҕа тарда сатаабыттарын иһин кыаллыбата. Даша үрдүкү кылаастарга үөрэнэрин ту-хары ити предметтэр тустарыттан кылааһыгар хаачыс-тыба бырыһыанын таҥнары тарда сырытта.


Рекомендации для вас