Сайсары күөлгэ түбэлтэ

О книге

Автор книги - . Произведение относится к жанрам современные детективы, современная русская литература. Оно опубликовано в 2013 году. Международный стандартный книжный номер: 978-5-7696-4095-7.

Аннотация

Эдэр силиэдэбэтэл дьаныһан туран бутуурдаах дьыаланы арыйарын туһунан ааҕааччы болҕомтотун тардардыы дэтэктиип жанрынан суруллубут сэһэҥҥэ ойууланар. Киирии тылы айымньы сүрүн геройун прототиба – юстиция генерал-майора Макар Яковлев суруйбута кэрэхсэбиллээх.

Читать онлайн Егор Неймохов - Сайсары күөлгэ түбэлтэ


Егор Неймохов

Сайсары күөлгэ түбэлтэ

Табыллыбатах күн

Таксист Назар Давидян хара сарсыардаттан табыллыбатах күнэ үүннэ. Гаражка кэлэн, массыынатын саҥардыы көрүнэн эрдэҕинэ, диспетчерскэйгэ ыҥырбыттара. Куруук кинини эйэҕэстик, үөрэ-көтө көрсөр диспетчер Светлана бүгүн тимир-тамыр курдугун тута бэлиэтээтэ, дорообото-дыраастыйа суох, кини кыайан тиийбэтэх аадырыһын квитанциятын үҥүлүтээт, быһа бааччы: «Бэҕэһээ эйиэхэ бэриллибит 6-с сакааһы тоҕо толорботуҥ? Пассажир кэлэн үҥсэ сылдьар, «такси тиийбэтэ, онон сөмөлүөттэн хааллым» диир». Назар Хатыҥ Үрэх даачатыгар пассажирдары илдьибитин, онно көлөһөтө тэстэн уларытаары мучумааннаһан хойутаабытын эҥин быһаарыах буолбута да, диспетчер хайыы-үйэ атын суоппарга хайыһан иһэн киҥинэйбитэ: «Пассажиргын кытта бэйэҥ быһаарыс…»

Назар таксопарка олбуоруттан, туохтан эрэ куотардыы, түргэнник сырылатан тахсыбыта, модун «Волгата» хас биирдии хамсаныытын имигэстик истэриттэн, бөлүүн түспүт хаар сып-сырдыгынан, ып-ырааһынан туналыйарыттан дьэ арыый сэргэхсийэ быһыытыйда, бэл, бу чэбдик салгыны эҕирийээри, аанын сэгэттэ – кутулла түспүт салгыны иҥсэлээхтик ыймахтаата, онтон сабан «лип» гыннарда. Ханныгын да иһин, бэҕэһээ сыыстарда – хаһан да киһи баҕатын ханнарыа суох хачыгырас харчы ымсыыта иэдэттэ. Билигин, дьэ, ити баар… Аны хаалбыт пассажир сөмөлүөккэ борогуонун төлөттөрүөхтэрэ, төлөттөрөллөрө да эрэбил. Республика иһигэр көтөөччү буоллаҕына, син да этэ, арай coҕypyy барыахтаах киһи буоллун? Оччоҕо, дьэ, иэдээн. Бэйэтэ балтараа мөһөөх…

Давидян бэҕэһээ сарсыарда эрдэ куорат иччитэхсийбит киин уулуссаларынан айаннаан иһэрин өйдөөтө. Орджоникидзе болуоссатыгар такси тохтобулугар икки уолу кытта икки кыыс тураллара, бэрт эрдэттэн далбаатаспыттара. Хара тирии сонноох кыыс икки илиитин бокуойа суох сапсыйа-сапсыйа, омунугар, адьас уулуссаҕа сүүрэн тахсыбыта. Aaha барыах курдук санаалааҕа да, туох имнэммитэ буолла, кыыһы аттынан көтүтэн иһэн, тоҕо туормастаабытын бэйэтэ да өйдөөбөтөҕө. Тута төрдүөн саба сырсан кэлэн, аны куотуо диэбиттии, иһирдьэ олорунан кэбиспиттэрэ. Салон иһэ сонно көрдөөх саҥаны сэргэ духуу, арыгы сытынан туолбута.

– Шеф, Хатыҥ Үрэх даачатыгар, – диэбитэ кинини кытта сэргэстэһэ олорбут кыһыл сирэйдээх багдаллыбыт уол. – Атаҕастыахпыт cyoҕa…

Массыынаҕа ыга олорбут дьону холдьохсон да туһа тахсыа суоҕун өйдөөн, итиэннэ кыргыттардаах сылдьар уолаттар үбү дэлэйдик ыскайдыылларын билэр да буолан, Назар тугу да хардарбакка, таксины төттөрү эргитэн, болуоссаты кыйа тэптэрбитэ.


Рекомендации для вас