Дьокуускайга саас кэлэн, кыһыны быһа туман анныгар сүтэ сылдьыбыт дьиэлэр күн уотун өстүөкүлэ таастарыгар түһэрэн чаҕылытан, күлүмүрдэс уоту ыспахтыы, истэриттэн ураты сырдыгы сыдьаайарга дылылар. Олус чэбдик чаҕылхай сааскы күн хааман иһэн, аан дойдуга олох хаһан да быстыа суоҕа, субу үөрэ-көтө сылдьар дьоннор бука бары өлөр диэни билбэккэ, үйэлэр тухары олоруохтара диэх курдуккун. Оҕолор аймалҕан бөҕөтүн түһэрэн, сыыр үрдүттэн хатыыскалаан сырылаталлар. Киинэ тыйаатырыттан тахсыбыт быйыл үрдүк үөрэх төрдүс куурсун бүтэрээри сылдьар Бэргэн Уйбаныап эмискэ дьээбэлэниэх санаата көтөн түстэ да, кинилэри үтүктэн, кэннилэриттэн сүүрэн быыппастан кэлэн, муус устун сиирэ-халты үктээн халтарыҥнаан, сирэйинэн бара сыһа-сыһа, аллараа Аппаҕа сурулаата уонна сүһүөҕүн былдьаһан, бэдьэйбитин кубулуппакка, уҥуор туораан, сыыры дабайда.
Кини «Лена» киинэ тыйаатырын каассатыттан «Покаяние» диэн саҥа көстөн эрэр киинэҕэ икки билиэт атыылаһан, уопсай дьиэтигэр баран истэҕинэ санаатыгар ахсаан учууталын идэтигэр үөрэнэр Лиидэ мичийэр мөссүөнэ сандаара көстөн кэллэ, кинини киинэҕэ ыҥыран көрөр баҕалаах. Кэлтэй сөбүлүү сылдьар да, кыыс иэмин-дьаамын биэрэ илик, биирдэ эмит кэпсэттэхтэринэ, эмиэ да олох тэйитэрэ биллибэккэ дылы. Асфальт кытыытынан хаар быһыта сиэспит, дьиэлэр сарайдарыттан дьэҥкир муус чопчулар ыйанан, күн уотугар көөчүктэнэ оонньууллар, тохтоло суох субуллар массыыналар уматыктарын дьаарын баһыйа сиик чэбдик сыта сабыта биэрэр.
Музыкальнай тыйаатыр иннигэр дьон бөлүөхсэн турарын көрөн, Бэргэн: «Эмиэ миитиннээн эрэллэр», – дии санаата уонна тугу саҥаралларын билиэх-көрүөх баҕата батабакка, кинилэргэ чугаһаата. Тирии кууркалаах эдэр уол тыл этэр, араатардыырыгар сөп түбэһиннэрэн, салгыны эрчимнээхтик сутурҕалаан ылбахтыыр:
– Оттон партократтар туспа маҕаһыыннаахтар, балыыһалаахтар, уочаракка турар диэни билбэттэр, хатыыс искэҕинэн эрэ дэлбэрийэллэр, оттон ити кэмҥэ көннөрү үлэһит, рабочай муҥнаах көлөһүн-балаһын аллан, быһыы килиэп туһугар хараҥаттан хараҥаны силбээн, күүстээх үлэҕэ сылдьар, өрөбүлүгэр аҕыйах кыраам эти, арыыны ылаары, күнүн-дьылын маҕаһыын уочаратыгар барыыр…
Кини этиитин истэ туран, партийнай үлэһиттэр сирэйэ-хараҕа суох барбыттарыттан хааннара хойдубут дьоннор сотору-сотору күүгүнэһэллэр, сөбүлэһэн тэптэрэн биэрэр хаһыылара дуораһыйаллар. Бөлүөхсүбүт дьонтон тэйиччи холуочук киһи үҥкүүлээбитэ буолан, сири тиҥилэхтии-тиҥилэхтии эргичийэр: «Бассабыык баартыйа былааһа бахтайда…» Оттон араатар этэн-тыынан баран, кэмниэ-кэнэҕэс түмүктээн, сутуруктуу туппут илиитин өрө ууммутунан хаһыытаата: