СЛУЖЕНИЕ ЛЮДЯМ. Читатели о книге «Леонид Григорьевич Синявин: миссионер, просветитель, общественный деятель»

О книге

Автор книги - . Произведение относится к жанрам биографии и мемуары, документальная литература. Год его публикации неизвестен. Международный стандартный книжный номер: 9785005068712.

Аннотация

В 2018 году вышла книга «Леонид Григорьевич Синявин: миссионер, просветитель, общественный деятель», которая рассказывает о ярком представителе русской интеллигенции начала XX века на северо-востоке Азии.В октябре 2018 года в Национальной библиотеке имени А. С. Пушкина в городе Якутске прошла презентация книги. И в этой небольшой, но памятной «книге о книге» собраны отзывы читателей.Книга предназначена краеведам, этнографам и всем, кто интересуется отечественной историей.

Читать онлайн Сандаара Кулаковская - СЛУЖЕНИЕ ЛЮДЯМ. Читатели о книге «Леонид Григорьевич Синявин: миссионер, просветитель, общественный деятель»


Составитель Сандаара Кулаковская


ISBN 978-5-0050-6871-2

Создано в интеллектуальной издательской системе Ridero

Киирии тыл

«Леонид Григорьевич Синявин: миссионер, просветитель, общественный деятель» диэн кинигэ 2018 сыл бүтүүтүгэр күн сирин көрбүтэ. Кинигэни иилээн-саҕалаан ийэм Петрова Валентина Дмитриевна таһаарбыта. Кини ити үлэтигэр архыыпка хараллан сытар докумуоннары бэрийэн ырытыыга сүрүн хайысханы биэрбит уонна тэҥҥэ үлэлэспит историческай наука дуоктара, Саха сирин XIX—XX үйэлэргэ историятын уонна Хотугулуу-Илиҥҥи Азия норуоттарын этноисториятын чинчийэн үөрэтиигэ элбэх научнай суруйуулаах Сардана Ильинична Боякова буолар. Ону тэҥэ, аҕабыыт Синявин сиэннэрин, хос сиэннэрин, аймахтарын кыһамньылара кинигэ тахсарыгар төһүү күүс буолбута диэн бэлиэтиир тоҕоостоох.

Кинигэ архыып докумуоннарын, хаартыскалары түмтэ. Мин бэйэм ордук Синявин миссионер аналын толоро сылдьар кэмигэр суруллубут күннүгүн уонна бэлиэтээһиннэрин биһирии аахтым, олус диэн сөхтүм: хоту олорор дьон олохторун чэпчэтэ, үөрэххэ-билиигэ угуйа, кинилэри итэҕэлгэ киллэрэ сылдьан миссионер төһөлөөх ыарахаттары көрсүбүтэ буолуой? Ол да буоллар суруктарыгар биирдэ да үҥсэргээбэтэх, суламматах, уустук олоҕу ыарырҕатан киэр хайыспатах үтүө санаалаах, сырдык көрүүлээх киһи эбит.

Сыаркап үлэһитэ буолан биир сиргэ түптээн, аа-дьуо улахан дьиэ кэргэн күннээҕи кыһалҕаларынан эрэ олоруон сөп этэ, ол гынан баран кини ырааҕы көрөрө. Аҥардас миссионер аналын Халыма уокуругар Хотугу муустаах муора кытылыгар тиийэ толорбута, кэлин Бүлүүгэ баран араҥ ыарыылаахтар олохторун чэпчэтээри хас эмэ сыл устата үлэлээбит түгэннэрэ элбэҕи этэр. Дьиҥ чахчы үрдүк аналлаах, булгуруйбат соруктаах киһи буолан күннээҕи түбүгү, уустук олоҕу ыарахан диэбэккэ олорон-үлэлээн ааспыт хорсун киһи эбит.

Дьиҥинэн, миссионер буолар диэн хайдаҕый? Күннээҕи тус олохпун ылан көрдөхпүнэ, холобура, биир бэйэм саҥа кинигэни ааҕан баран туох эрэ туһалааҕы булан дьоҥҥо кэпсээтэхпинэ, үгүс киһи ылыммакка, уруккаттан бэйэлэрэ билбиттэрин эрэ өрө туталлар. Кинилэр санааларын тосту уларытар, бэйэҕэр тардар күчүмэҕэйдээх. «Арай ити курдук бэйэм миссионер буолан, олох атын көрүүлээх, атын тыллаах омуктары сатабыллаахтык таба тайанан итэҕэлбэр киллэриэм, болҕомтолорун тардыам этэ дуо?» – диэн бэйэм бэйэбиттэн ыйытабын.


Рекомендации для вас