Таас Хайа. Бастакы версия

О книге

Автор книги - . Произведение относится к жанру современная русская литература. Год его публикации неизвестен. Международный стандартный книжный номер: 9785006429963.

Аннотация

Толбон дэриэбинэттэн чугас Таас Хайа диэн сир туспа кистэлэҥнээх. Олохтоохтор этэллэринэн ол сиргэ улахан күтүр баара эбитэ үһү. Кырдьык эрэ сымыйа эрэ, ол эрэн биһиэхэ тириэрдиллибит дьон кэпсээнэ олуһун даҕаны омуннаах буолар. Эбэтэр кырдьык туох да омуна онно суоҕа…

Читать онлайн Эрнест Яхонт - Таас Хайа. Бастакы версия


© Эрнест Яхонт, 2024


ISBN 978-5-0064-2996-3

Создано в интеллектуальной издательской системе Ridero

Киирии тыл.

Эһиги билэргит курдук, биһиги дойдубутугар араас түбэлтэлэр буолан турардаахтар. Олортон биирдэстэрэ чучунаа туһунан кэпсээни, үһүйээни уонна номоҕу хас биирдии саха киһитэ, бу олорор үйэтигэр саатар биирдэ истэн аһарбыт буолуохтаах. Биллэн турар, киһи олоҕор бар дьоно киниэхэ улахан дьайыылаах буолаллар. Холобур бу сэһэҥҥэ, өскөтүн силиэстийэни ыытар киһи үлэтинэн кэлбит буоллаҕына, бу улаатан эрэр уол оҕото, бэйэтин баҕатынан дьонун-сэргэтин көмүскээри, кырабын дэммэккэ бэйэтинээҕэр улахан күтүрү бултаһара ааҕааччыны уйадытар. Бу кинигэҕэ таптал күүһэ киһи ыарахан түгэҥҥэ түбэстэҕинэ, киһи дууһатын уоскутарын. Онтон хорсун быһыы, эр киһини хайдах курдук киэргэтэр бигэргэтэн суруллубут буолан, бу кинигэни ааҕа олорор киэһэхэ элбэҕи даҕаны кэпсиэ диэммин, бэйэм ис санаабыттан үчүгэйи баҕаран тура, сынньана таарыйа диэн дуоһуйа ааҕарҕытын көҥүллүүбүн!


Махтаныам этэ дьиэ кэргэммэр, кинилэр эрэллэринэн уонна көмөлөрүнэн, бу бастакы кинигэм күн сирин көрдө. Туспа махтаныам этэ эбээбэр уонна эдьиийбэр. Хас биирдии ааҕааччыларбар баҕарыам этэ кытаанах доруобуйаны, чэгиэн олоҕу уонна дьолу-соргуну. Бу буола урар ыарахан кэмҥэ, бары бииргэ түмсүүлэх буолуох тустаахпыт, бэйэ-бэйэни өйдөһөн, өйөһөн олороргут киһини үөрдэр. Саха норуотун тыла сүтүө суоҕа диэн Таҥараҕа улаханнык эрэнэбин. Ол иһин аныгыс сырыыга тахсар кинигэлэрбин, эһиэхэ диэн төрөөбүт тылбынан суруйуом. Туругурдун сахам тыла!


Бастакы чааһа.

– Уол оҕо биир күн ат өрөҕөтүгэр, биир күн ат уорҕатыгар. (Саха өһүн хоһооно).


Өр өтөр буолбатаҕа, сайын саҕаланаат оҕо-аймах оскуолатын чиэппэрин түмүктээн, бары даҕаны «һуу» диэбиччэ дьиэлэрин хоту ким дэриэбинэҕэ, ким даачаҕа, ким тас дойдуга күүлэйдии бараллар. Биллэн турар, хас биирдии оҕо бэйэтэ туспа баҕа санаалаах, өскөтүн быраата манна барабын диэтэҕинэ эдьиийэ онно диир, онтон сылтаан мөккүөр таҕыста даҕаны ийэлэрэ «бүтүн!» диэн мөҕөн эрэ кэбиһэр. Дьэ быйылгы дьыл сайына бэрткэ саҕаланна, тоҕо диэтэр, куйаас кэмнэргэ сымнаҕас ардах түһэн сири дойдуну курааҥҥа былдьаппата. Онон быйыл барыта этэҥҥэ буолуохтаах, барыта тупса туруохтаах


Мичил хаһан даҕаны мээнэ хой баһын туойбат, мээнэ солуута суох күлбэт, ыраас санаалаах, сымнаҕас майгылаах, холку үчүгэй уол. Куруутун түөрткэ-биэскэ үөрэнэр, үөрэҕэр кыһаллан 7-с кылааһы быйыл этэҥҥэ түмүктээн баран, быйыл хайаан даҕаны худуоһунньуктар лааҕырдарыгар барыахпын наада диэн кытаанах санаалаах. Ол даҕаны буоллар, аҕыйах кэмҥэ абаҕатын аахха дэриэбинэҕэ көмө киһитэ буола таҕыста.


Рекомендации для вас