Акуу төрөппүттэрэ Көстөкүүн Татаарынап, ийэтэ Татыйаана, убайа Тоо, аҕаһа Аача буоланнар Амма өрүс төрдүттэн ырааҕа суох Аллан өрүскэ Сайдыы диэн сиргэ көспүттэрэ сыл аҥаара буолла. Кинини, Акууну, эһэтин аахха Чычымахха хаалларбыттара. Уол сүүрэ-хаама сылдьар, бэйэтин сааһыгар додо курдук саҥарар. Оҕо эһэтигэр Ноттуо Торопууҥҥа умньанан, киниэхэ оҕо курдук буолла. Чугас ыалларыгар бэйэтин кытта сиэттиһэн илдьэ сылдьарыгар үөрэнэн, ханна эмэ тэйиччи үлэлии барарыгар сайыһан «айдаарсыы» буола сылдьыбыта. Акуу кэнники эһэтэ ыраах барарыгар барсыбатын билэн аймаммат.
Оҕо кэтэһэрэ уонна үөрэрэ адьас аттынааҕы күөллэригэр тууну уонна илими көрө киириилэрэ буолла. Акуу тыы тумсугар анал олох маска хам бааччы, эһэтин диэки сирэйдэнэн олорон, эһэтэ эрдии салбаҕынан тардан ууга оҥорбут долгуннарын, собону илимтэн араарарын болҕойон көрөр. Биирдэ дьиктиргээн ууга күн күлүгүн көрөн:
– Эһээ, ууга күн көстөр, көр, – диэн баран илиитинэн ыйбыта.
– Мээнэ сарбаҥнаабакка олор, тыы кытыы бүүрүк маһыттан уонна ити туорай мастан тутуспаккын, илииҥ ытыстарын холбуу тутан, тобугун икки ардыгар тут, – диэн эһэтэ соруйда.
– Эһээ, тоҕо мастан тутуспаппыный?
– Тыы бүүрүк маһа остуол сирэйэ буолбатах. Остуол түөрт атахтаах буолан хамсаабат. Тыыбыт атахтара суохтар. Ууга уйдара сылдьар. Бүүрүк мастан тутустаххына, тыы түөрэҥнээһинигэр күүскэ тайанан, тыыгын иҥнэри баттаан кэбиһиэҥ дии. Акуу, куттаныма, мин билигин тыыны кыратык иҥнэҥнэтиэм, эн буоллаҕына куттаммакка, олорбутуҥ курдук, көнөтүк туттан олор. Тыы бүүрүк маһыттан тутуспаккын. Чэ, эрэ, – диэт, тыыны оргууй хаҥас диэки иҥнэрдэ.
– Билигин көнөтүк олор, – диэт, аны уҥа диэки тыыны иҥнэри анньан, чочумча оннук тута түстэ.
Оҕо көнөтүк олорбутун курдук олордо. Онтон эр ылан оҕонньор тыыны уҥа, хаҥас иҥнэритэ сырытта. Оҕото көнөтүк олороруттан үөрэн, улахан киһиэхэ этэр курдук:
– Тоойуом, аны да, инникитин да тыы хамсыыр кэмигэр итинник көнөтүк туттан олорор буолаар. Тыынан устаргар, курданаргыттан үөһээ өттө, тыы иҥнэҥниириттэн тутулуга суох, сискин көнөтүк тутан олорон эрдинэҕин, илими үтэргэр, көрөргөр улаханнык сэрэнэн туттаҕын. Балыгы араараргар хамсааһын бөҕөтө буолар, ол аайы тыыны кытта иҥнэри түһэн олорсо сылдьар буоллаххына, тыыгын иҥнэри баттаан, ууга түстэҕиҥ ол дии.