Лаглайбыт күөх харыйачаан

О книге

Автор книги - . Произведение относится к жанру детские стихи. Оно опубликовано в 2017 году. Международный стандартный книжный номер: 978-5-7696-5296-7.

Аннотация

Кинигэҕэ Саҥа дьылга аналлаах хоһооннор, ырыалар, сценарийдар киирдилэр. Төрөппүт, иитээччи, учуутал оҕону ыллыыр-туойар, кэрэни кэрэхсиир дьоҕурун сайыннарарыгар аналлаах.

Читать онлайн Марина Никифорова - Лаглайбыт күөх харыйачаан


Ырыалар

Лаглайбыт күөх харыйачаан

(«В лесу родилась ёлочка» ырыа тылбааһа)

Раиса Кудашева тыллара Леонид Бекман муусуката

Лаглайбыт күөх харыйачаан
Ойуур тыаҕа үүммүт.
Кыһын буоллун, сайын буоллун
Кини чээл күөх турбут.
Буурҕа тыалым ырыа ыллыыр:
«Утуй, утуй оҕом».
Тибии хаарым үрдүн сабар:
«Сэрэн, сэрэн, тоҥуоҥ!»
Куттас куобах, маҥан куобах
Ойон чөрөҥөлүүр,
Арыт туран торҕон бөрө
Сүүрэн өкчөҥөлүүр.
Ойуур тыаны ортотунан
Сыарҕа сырылаата,
Хойуу түүлээх аллаах атым
Сиэлэн дьоруолаата.
Атым сыыдам сыарҕатыгар
Оҕонньор олорбут,
Харыйачаан барахсаны
Кэлэн кэрдэн ылбыт.
Харыйачаан манна киирэн,
Киэргэл симэх кэппит.
Оҕолорго, оҕолорго
Үрдүк үөрүү кэлбит.
КЫРАКЫЙ ХАРЫЙА ТАҺЫРДЬА ТОҤМУТ

(«Маленькой ёлочке холодно зимой» ырыа тылбааһа)

Зинаида Александрова тыллара Михаил Красев муусуката

Раиса Винокурова тылбааһа

Кыракый харыйа
Таһырдьа тоҥмут.
Сиэтэммит кинини
Дьиэҕэ киллэриэх.
Кэрэчээн харыйа
Күлүмнүү турар.
Төгүрүк оонньуурдаах
Көмүс туораахтаах.
Оҕуруо киэргэллээх
Дьиримниир уоттаах.
Минньигэс, минньигэс
Элбэх бэлэхтээх.
Саҥа дьыл киэһэтин
Харыйа күүппүт
Көрүдьүөс, көрүдьүөс
Оонньууттан үөрбүт.
ЁЛКА ЫРЫАТА

Николай Туобулаахап тыллара Григорий Новгородов мелодията

Тымтар кылыс дьыбардаах
Тымныы кыһын оҕонньор
Тос-тос тыаһыыр тайахтаах
Тиийэн кэлэн олорор.
Чэй-чэй эрэ дьиэрэҥкэй —
Тэйдэр-тэйэн үҥкүүлээҥ,
Үүнэр дьылга эһиэкэй —
Этэн-тыынан дьиэрэтиҥ.
Тоҕо баҕас күндүтэй,
Ёлка маспыт киэргэнэн!
Торҕо көмүс сиэдэрэй —
Лаампа уота имнэнэн!
Сирэм күөххэ сылдьааччы —
Үөскүүр ыччат биһиги,
Сиргэ оһуор буолааччы —
Үүнэр сүһүөх биһиги.
Тымтар кылыс дьыбардаах
Тымныы кыһын оҕонньор
Тос-тос тыаһыыр тайахтаах
Тиийэн кэлэн олорор.
Тымныы оҕонньор

(«Дед Мороз» ырыа тылбааһа)

Татьяна Волгина тыллара Аркадий Филиппенко муусуката

Биһиэхэ ыалдьыттыы
Тымныы оҕонньор кэлбит.
Биһиэхэ кэһиитин
Ёлка маһы аҕалбыт.
Бу бааллар фонариктар,
Кыһыл көмүс шариктар.
Биһиэхэ ыалдьыттыы
Тымныы оҕонньор кэлбит.
Биһиэхэ кэһиитин
Элбэх онньуур аҕалбыт.
Бу бааллар бирээнньиктэр,
Сакалааттар, кэмпиэттэр.
Саҥа дьыл

Ольга Иванова тыллара Надежда Макарова мелодията

Кэрэчээн харыйа
Налыччы киэргэммит,
Араас да уотунан
Күлүмнүү умайбыт.
Хос ырыата:
Чаҕылый, чаҕылый,
Баай ёлка, умайыый.
Оҕолор көрдөрүн
Эн үөрдэ сырдатыый!
Эһэлэр, бөрөлөр,
Саһыллар бэл бааллар,
Сиэттиһэн бараннар
Көхтөөхтүк ыллыыллар.
Хос ырыата.
Хаар маҥан баттахтаах
Тымныычаан оҕонньор
Кэһиитин аҕалар,

Рекомендации для вас