Бу түбэлтэ ааспыт үйэ аҕыс уонус сылларыгар Ньурбаҕа буолбут дииллэрэ. Биир үтүө күн күөгэйэр күнүгэр сылдьар эдэркээн Балыарый уол дэриэбинэттэн тэйиччи соҕус сиргэ бултуу диэн барбыта. Ол баран, кэпсэтии быһыытынан, уруккуттан билсэр уолун үүтээнигэр тиийбит. Дьиэлээх уол эппитинэн, үүтээн умуһаҕар өссө хаһаас арыгы баар буолуохтаах. Айылҕаҕа тахсан, көҥүл салгынынан сайа тыынар үтүө түгэн тосхойбучча, Балыарый, сүргэтэ көтөҕүллэн, уот оттунан, ас тардынан барар. Аһа-үөлэ бэлэм буолан, остуолга олорон көрдөҕүнэ, туох эрэ тиийбэт, итэҕэс курдуга. «Ээ, били аһым итэҕэс эбит дии», – дии санаат, мааҕын дьиэлээх уол эппитин санаан, үүтээн бадыбаалыгар түһэргэ сананан, ойон турар.
Аллара киирэр ааны булан, түһэн иһэн, туохтан эрэ иҥнэн, чыпчылыйыах түгэнигэр умуһах түгэҕэр биирдэ баар буолан хаалар. Саатар аана сабыллан хаалан, ытыс таһынар ыас хараҥа им балай буола түһэр. Балыарый, ойон туран, кыратык сахсына-тэбэнэ түһээт, ыстаанын сиэбиттэн испиискэ ылан уматтан, «абыраллаах» аһын булар, ону кытта, испиискэтэ умуллан хаалар, ол да буоллар, элэс көрөн хаалбытынан муннукка туох эрэ мөһөөччүккэ майгынныыр, өссө хайдах эрэ хамсыырга дылы турар курдуга. Уол иккистээн испиискэтин уматтыбыта, арай, доҕоор, били мөһөөччүгэ дьахтар быһыытын ылынан, улааттар улаатан барбыт, уол, дэлби уолуйан хаалан, биир сиргэ хам хараҕаламмыт курдук туран хаалар. Дьэ, онто отой даҕаны дьахтар буолбатах, уп-уһун маҥхайбыт баттахтаах кырдьаҕас эмээхсин эбит.
Балыарый, көрбүтүн итэҕэйбэккэ, сүрэҕэ айаҕынан тахса сыһан, эргиллэ биэрээт, тахсар ааны былдьаспыт. Испиискэ умулларыгар көрдөҕүнэ, эмээхсин уол диэки сыҕарыйан иһэр курдуга…
Атаҕын иминэн үктэл устун үөһэ дабайан, үүтээҥҥэ киирэр. Киирээт да, түргэн үлүгэрдик хомуна охсон, түүннэри дьиэлиир.
Бу түбэлтэни итэҕэйиэ суоҕа, бостуой күлүүгэ барыам диэн, дьиэлээх уолга кэпсээбэккэ сананар, ол да буоллар, биир ый ааспытын кэннэ, иккиэн бииргэ түбэһэн бултуу сырыттахтарына, ол кутталлаах түгэни барытын ыраас мууска ууран биэрэн, дууһатын чэпчэтэр. Онуоха ол үүтээн хаһаайына уол отой да соһуйбатах, өссө маннык диэн кэпсиир: «Билигин ити бултуурга тохтуур үүтээн буолан турар дьиэҕэ урут төрөппүттэриниин бары бииргэ олорбут дьиэлэрэ эбит. Оҕо сылдьан, дьиэ умуһаҕар түһэн доҕотторун кытта оонньуур идэлээҕин кэпсиир. Биирдэ тоҕо эрэ түүн киирбиттэр, онно Балыарый кэпсээбит ынырык эмээхсинин көрбүт. Онно баар оҕолор өлө куттанан үөгү-хаһыы бөҕө буолбуттарыгар утуйа сытар ийэлээх аҕата уһуктан кэлбиттэр уонна кинилэр эмиэ эмээхсини илэ харахтарынан көрбүттэр. Кырдьаҕас муус маҥан уһун баттаҕа хараҕар саба түһэ сылдьар эбит, киһи иилэн ылбатынан эгэлгэтэ иһиллибэт туох эрэ дорҕооннору таһааран, саҥара сатыыра үһү. Улахан дьон уолларын уонна кини доҕотторун харбаан ылан, үөһэ тахсаннар, бу алдьархайдаах дьиэлэриттэн куоппуттар. Кэлин олохтоох дьонтон истэн билбиттэрэ, ити дьиэ төрүт олохтоохторун эбэлэрэ төбөтүнэн ыалдьаахтаабыт эбит. Күнү быһа хаһыытаан, саһыгыраччы күлэн, өссө арыт букатын даҕаны таҥаһын-сабын устан кэбиһэр идэлэнэн, дьонун-сэргэтин тулуйар кыахтарыттан таһааран, эбэлэрин ити умуһах иһигэр олохтообуттар. Эмээхсин эрэйдээх никсик сыттаах, хараҥа умуһах сир салгыныттан сыыстаран өр буолаахтаабатах, сотору өлөөхтөөбүт эбит…»