Түҥкэтэх ырай

О книге

Автор книги - . Произведение относится к жанру современная русская литература. Оно опубликовано в 2020 году. Международный стандартный книжный номер: 978-5-7696-4188-6.

Аннотация

Куорсуннаах саҥа айымньытыгар уларыта тутуу сылларынааҕы кыра куорат улахан кыһалҕалара ааҕааччыга тиийимтиэ гына ойууланар. Новелла геройа куорат араас түөлбэлэригэр көһө сылдьан дьон-сэргэ өйө-санаата, олохсуйбут үгэстэр хайдах уларыйбыттарын сатабыллаахтык арыйар. Ааптар куорат үһүйээннэрин, судургу дьон олохторун хомоҕой тылынан хоһуйар. Манна киирбит кэрчиктэртэн тиһиллэн, Дьокуускай куорат саІа алыптаах, таабырыннаах сирэйэ айыллар.

Читать онлайн Елена Слепцова - Түҥкэтэх ырай


Маҕан переулога. Чүөчэ Маня

I

Төһө да бу дойдуга төрөөбөтөҕүм иһин, туохтааҕар да хаар түһэрин күүтэбин…

Уокка сыраллыбыт муос куукула курдук мырчыстаҕас, ол эрээри хайдах эрэ оҕолуу сирэйдээх эмээхсин, баран хаалыа диэбиттии, сымнаҕас илиитинэн миигин харыбыттан тутан олорон кыыгыныыр. Өтөр-наар кими да кытта кэпсэппэтэх быһыылаах. «Быһыылаах» буолуо дуо, кэпсэппэтэх буолан сэргээн истэр киһиэхэ түбэһэн, умнулла сыспыт кэһиэхтээх куолаһа саҥа холбоммут араадьыйалыы хардьыгыныы-хардьыгыныы көбдьүөрэр. Бу – субан туруйа курдук собус-соҕотох ыалым эмээхсин. Кини олбуоруттан быкпатаҕа сыл аҥаара буолла. Хайа эрэ көстүбэт киһи кэлэн, тыаһа-ууһа суох ас сыыһа быраҕан ааһар.

Биһиги уулуссабыт – Строителлар уулуссаларыттан Халтурин уулуссаҕа киирэн аҕыйах хардыыны оҥордоргун эрэ, «Маҕан переулога» диэн ааттаммыт куорат кииниттэн алыс ырааҕа суох да сыттар, билигин дьэбэрэҕэ тимириэхчэ буолбут кэтэх дьиэлэрдээх, өтөхсүйэ быһыытыйбыт түөлбэ оҕото. Оттон урут манна балачча кыахтаах дьон олорбутун туоһулуур модьу-таҕа көрүҥнээх, киин хочуолунайтан оттуллар буолан хаһан да кырыарбат дьэндэспит улахан түннүктэрдээх дьиэлэр уулусса икки өттүнэн кэчигирэһэн тураллара. Нуучча хаһаактара эрэ кыайа тутан оҥорбут, олбуор аҥаарын бүтүннүү нэлэс гыннарар сүҥкэннээх мас аартыктардаах, үрдүк эркиннэрдээх күрүөлэр киэҥ тиэргэннэрин истэригэр туох да ааттаах буола турарын сатабыллаахтык кистииллэрэ. Суола-ииһэ кыһыл кумахтан кутуллубут бэрт дэхси, ыраас буолан, оҕо аймах таптаан оонньуура. Оччолорго уулусса чуумпута, бүччүмэ олохтоохтору барыбытын үөрдэрэ.

Манна 70-с сыллар бүтүүлэригэр аҕам түөрт хостоох, таһыгар баанньыктаах, улахан ыскылаат сарайдаах уораҕайа турбута. Маҥнай куоракка киирдэхпит утаа уулуссабыт олус сэргэх, ача күөх мастарынан суугунуур палисадниктардаах, бэйэ-бэйэлэригэр киэптэһэрдии бииртэн-биир дьэрэкээн оһуордаах ыстаабаннарынан симэммит дьиэлэрдээх, уу-хаар хоммотох кураанах миэстэтэ этэ. Дэлэҕэ даҕаны, переулокпытыгар киирдибит даҕаны атахпыт таҥаһын туура тэбэн атах сыгынньах дыгыһа сүүрүөхпүт дуо. Дьиэбититтэн аҕыйах хаамыылаах сиргэ кыһыл кирпииччэнэн тутуллубут халыҥ истиэнэлэрдээх, кыараҕас түннүктэрдээх, быһыыта, былыргыта хайа эрэ баай киһи туттарбытыгар сөптөөх, хас да кырыылаах кырыыһалаах дьиэ баара. Ити дьиэ күнүһүн аана лип хатааһыннаах буолара. Оттон түүнүн биһиги харахтаабатах мааны массыыналарбыт кэлэн, үйэбэр үөйбэтэх үчүгэйкээн хоруопкаларбын адьас тыаһа-ууһа суох тиэйэн баралларын утуйар хоһум түннүгүнэн дөрүн-дөрүн көрөрүм. Онон сылыктаатахха, кистэлэҥ маҕаһыын быһыылааҕа.


Рекомендации для вас