Күнүү

О книге

Автор книги - . Произведение относится к жанру современная русская литература. Оно опубликовано в 2022 году. Международный стандартный книжный номер: 978-5-7696-6599-8.

Аннотация

Ирина Харайданова-Сэгэлдьийэ Чээлэй бу кинигэтигэр оҕо саас умнуллубат өйдөбүллэрин, бастакы булт үөрүүтүн, ийэ оҕоҕо тапталын, эр киһи уонна дьахтар сыһыаннарын, сиэр-майгы, олох туһунан кэпсээннэрэ киирдилэр. Кэпсээннэр киһини олоххо буолар араас быһыы-майгы киһи дьылҕатыгар оруолун, сирдээҕи анал, төлкө туһунан толкуйдаталларынан кэрэхсэбиллээхтэр. «Элгээҥҥэ» диэн олоххо буолбут түбэлтэ туһунан суруйуу ааҕааччыны долгутуо.

В сборник вошли короткие рассказы о детях, о первых успехах и гордости родителей, о неизмеримой материнской любви и нежности, о мучительной ревности между супругами – обо всем том, что так близко каждому человеку, имеющему горячее сердце. Особенно интересным для читателя будет душещипательный рассказ, основанный на реальных событиях, который не оставит никого равнодушным…

Издание предназначено для широкого круга читателей.

Читать онлайн Ирина Харайданова - Күнүү


1. Иннигэр кэһиилээх, кэннигэр сүгэһэрдээх…

ТИРГЭҺИТ

Ийэ уолун кытта ууга барбыт чааркааннарын чөлүгэр түһэрэн хос тиритии-хорутуу, сүүрүү-көтүү буолбуттара. Ити кэмтэн икки ый биллибэккэ элэҥнээн хаалбыта. Аны чааркаан таһынан тиргэлииргэ санаммыттара. Мэлдьи түргэн хаамыылаах ийэтин кэнниттэн, хардыы да хаамыыны хаалбакка, Ньуккуу тэбис-тэҥҥэ түсүһэн испитэ. Сарын үрүйэтин арҕаа баһыгар хойуу оттоох үрдүк дулҕалар икки ардыларынан, кус дулҕаҕа салгылыы тахсар ороҕор, бэйэлэрэ оҥорбут сэттэ тиргэлэрин сүбэлэһэ-сүбэлэһэ ииппиттэрэ. Сүөкүлэ туттарыгар-хаптарыгар сөп түбэспэт наҕыл саҥалааҕа, намыын куоластааҕа:

– Ньуккуу, бу кэмҥэ кус оҕолоро сатаан көппөттөр. Ол иһин «күөх дабыдал» дэнэллэр, – ийэтэ уолугар утары быһааран иһэрэ.

Ньуккуу аны үс хонугунан Аллан арыытыгар дьоҥҥо от кээһиитигэр көмөлөһө киириэхтээҕэ. Кини сүрүн үлэтэ Дьархан уолугар оҕус сиэтиитэ этэ. Ол иһин бу сар- сыарда ким хайа иннинэ уһуктаат, тиргэтин көрө сүүрбүтэ. Аҕылаан-мэҥилээн тиийээт, хараҕар көрбүтүн итэҕэйбэккэ, тыынан бөтүөхтүү турбута. Кини көрдөҕүнэ, эгэлгэ кэрэ дьүһүннээх куорсуннаах, кыһыл атахтаах кус тиргэҕэ эриллэн тиэрэ түһэн сытара. Чочумча турбахтаат, аны көтөн хаалыа диэбиттии, оргууй сурдурҕаан тиийэн имэрийэн көрбүтэ… Сыыспатах эбит! Кус иҥнибит! Ньукулай дьоллонон хараҕа уоттана түспүтэ, икки өттүгүн таһыммыта, кырдьаҕас дьон үөрдэхтэринэ тутталларын санаан, бэдьэрэ былаастаах үҥкүүлээбитэ. Куһун туһаҕыттан нэһиилэ арааран ылбыта, ыарахана илиитигэр улаханнык биллэрэ. Маҥнайгы булда буолан долгуйан да, кыбыстан да дьоҥҥо көрдөрүмээри, ырбаахытын иһигэр уктан дьиэтигэр төннүбүтэ. Ааны аһан киирээт:

– Ийээ, мин бултуйдум! – куһун туттаран эрдэҕинэ, Сүөкүлэ уоһун иһигэр ботугураан:

– Иннигэр кэһиилээх, кэннигэр сүгэһэрдээх, бааттаах, байанайдаах булчут буол, – диэн алҕаабыта.

Куһу сирийэн көрөн иһэн, саҥа аллайа түспүтэ:

– Хор, оҕом булчут буолан аһатар-сиэтэр кэмэ кэлбит эбээт! Атыыр көҕөнү бултаабыккын дии, оҕом сыыһа! Бу дьолу! – ийэ барахсан хараҕа уунан туолбута, уолун бэйэтигэр сыһыары тардан, төбөтүттэн сыллаан ылбыта.

Мантан ыла Ньуккуу булт амтанын билбитэ.

ТУҺАХХА ИҤНИБИТ КУОБАХ

Биир киэһэ аһыы олорон, Сүөкүлэ уолун ыйытыытыттан өрө ходьох гыныар диэри соһуйда:

– Ийээ, биһиги далбыт кэтэҕинээҕи тыаны бэйэбит бас билбэппит дуо? Тоҕо итиннэ туһахтаабаппытый? – уонна харда күүтэн, чоҕулуччу көрөн олороохтоото. Сүөкүлэ чочумча саҥата суох олордо. «Бастаах» дьон «кыраларга» сыһыаннарын оҕо өстүйбэтин курдук хайдах быһаарыан билбэтэ. Онтон санаабытыттан олох атыны эттэ:


Рекомендации для вас