Өлбөт үөстэниэҕиҥ

О книге

Автор книги - . Произведение относится к жанру современная русская литература. Оно опубликовано в 2022 году. Международный стандартный книжный номер: 978-5-7696-6610-0.

Аннотация

Ааптар бу романы суруйуон иннинэ түөрт уонтан тахса сыл устата архыып матырыйаалларын, тустаах тиэмэҕэ анаммыт суруйуулары, бэрт үгүс тылынан да, суругунан да ахтыылары истэн, үөрэтэн, тэҥнээн көрбүт. Онон айымньытыгар киллэрбит үгүс геройдара, бэлиэ түгэннэр олоххо баар буола сылдьыбыттарынан ааҕааччы интэриэһин тардаллар. Архыып докумуоннарыгар, оччотооҕу кэмтэн норуокка хаалбыт номохторго, ахтыыларга олоҕуран сабаҕалаан суруйуу өрөбөлүүссүйэ дьалхааннаах кэмин үйэлэр быыстарыттан сэгэтэн көрөрүнэн сэҥээрдэр.

Саха АССР төрүттэммитэ 100 сылыгар ананар.

Перед тем, как написать этот роман, автор более сорока лет изучал архивные материалы, публикации по теме, сравнивал и анализировал большое количество устных и письменных воспоминаний. Именно потому, что герои романа – реальные люди, а значимые события происходили в действительности, произведение вызывает неподдельный интерес читателя. Наряду с архивными документами, автор вплетает в ткань повествования легенды и мемуары, создавая вполне реалистичную версию истории, что позволяет нам приоткрыть завесу в давно минувшие дни.

Издание приурочено к 100-летию ЯАССР

Читать онлайн Иннокентий Колосов - Өлбөт үөстэниэҕиҥ


* * *

1921 с. күһүнэ Алдан-Маайа улууһугар булт үчүгэйдик бултатан олохтоохтор санаалара көннө. Куонаан Киристэпиэрэбис Микииппэрэп диэн саха киһитэ манна сааһын тухары булдунан ииттинэн олорбута.

Кини аҕата Байаҕантай улууһун, ийэтэ I Амма улууһун Дьоҥку нэһилиэгин дьоно этилэр буолан баран дойдуларыттан тэйэн, манна олохсуйан, олорон ааспыттара.>47 Куонаан үрдүк уҥуохтаах, онно сөп модьу-таҕа эттээх-сииннээх, хара бараан, уоттааҕынан сытыытык көрбүт 32-лээх эр бэрдэ. Кэргэннээҕэ уонна 4 кыра оҕолооҕо. Үчүгэй булчут, сүрэхтээх-бэлэстээх үлэһит буолан, куһаҕана суохтук олорбуттара. Дьон-сэргэ ортотугар да үчүгэй ыалынан биллэллэрэ, ытыктабылынан туһаналлара.

Куонаан алта оҕолоох кырдьаҕас абаҕалаах. Дьон-сэргэ ортотугар улахан аптарытыаттаах киһи этэ. Куонаан абаҕатыныын олус үчүгэй сыһыаннааҕа. Абаҕата киниэхэ, аҕата өлбүтүн кэнниттэн, аҕатын солбуйбута. Сэбиэскэй былаас олохтоммутугар абаҕатын насревком бэрэссэдээтэлэ оҥорбуттара. Абаҕата насревком буолан да баран дьоҥҥо сыһыанын уларыппатаҕа, нэһилиэгин дьонун ыкпатаҕа-түүрбэтэҕэ.

1921 с. күһүнүгэр Куонаан, бэрт уһун кэмҥэ ыраата баран, бултуу сылдьыбыта. Байанайа өлгөмнүк маанылаан, үөрэн-көтөн, сыарҕа хаара түспүтүн кэннэ, сыарҕалаах атынан дьиэлээн испитэ. Ол иһэн, абаҕатын аахха таарыйан ааһарга быһаарыммыта.

Арай абаҕата аах олорор олохторугар чугаһаан истэҕинэ, ый-хай айдаан бөҕө, ытаһыы-соҥоһуу иһилиннэ. Чараас тыаны туораатын кытта билэр түөлбэтэ – хас да ыал түһүүлэнэн олорор дойдута арылынна: ыаллар тастарыгар киһи бөҕө. Аттаах дьон төттөрү-таары ойуталлар, сатыылар аймалаһаллар. Тоҕо эрэ бары саа сүгэһэрдээхтэр.

«Тыый! Туох буоллаҕай? Иэдээн буолбут быһыылаах!» – Куонаан атын чугурус гына түһүөр диэри тарта. Ол да буоллар, абаҕалааҕа олорор балаҕаннарын туһулаан хаамтаран истэ.

Сэргэҕэ чугаһаан истэҕинэ, икки бэрдээн сүгэһэрдээх бөтөстөр атын тэһиинин икки өттүттэн харбаан ыллылар. Куонаан сыарҕатыттан түһэ биэрдэ, көрбүтэ: арай, билэр уолаттара дьэргэйэн аҕай сылдьаллар эбит.

– Бу туох буола сылдьаҕыт?! Киэр буолуҥ! Миигин билбэккит дуо?! – диэт уҥа-хаҥас ыһыталаан кэбистэ.

– Хамандыыр ыыппыта! Хамандыырга бара сырыт! – уолаттартан биирдэстэрэ, хаарга түспүт бэргэһэтин тэбии-тэбии, өс саҕа буолла.

Куонаан дьиэҕэ киирбитэ, саҥаһа ытыы олорор.

– Хайа, саҥаас! Туох буолла? Уоскуйа түс уонна кэпсээ, истэбин! – Куонаан үтүлүктээх бэргэһэтин сыҥаһа ороҥҥо уурда, бэйэтэ олордо.


Рекомендации для вас