Федот Федотович Захаров – саха омук былыргытын, ордук киин улуустар сахаларын былыргытын чахчы киэҥник, дириҥник билэр, үөрэппит, чинчийбит киһи. Саха сиригэр Орто Өлүөнэҕэ нуучча хаһаактара кэлиэхтэриттэн ыла сахалар былыргыларын туһунан норуот сэһэннэрин архыып докумуоннарын кытта тэҥнээн чинчийбитэ. Онон былыргы сахалар олохторун-дьаһахтарын, майгыларын-сигилилэрин, материальнай уонна духуобунай культураларын чахчы дириҥник, ымпыктаанчымпыктаан, сиһилии билэрэ. Ол кини «Боотуруускай улуус сахаларын төрүт уустара», «Омоҕой баай», «Уоруллубут таптал», «Кыыс дьылҕата», «Кый барыы» диэн сэһэннэригэр ырылхайдык көстүбүттэрэ.
Онон Ф.Ф. Захаров былыргы сахалар тустарынан бөдөҥ айымньылары айар толору бэлэмнээх киһи этэ. Ону «Үйэ кирбиитигэр» суруйуута толору туоһулуур. Темата уустук кэми хабар. Манна Саха сирэ Россия кииннэммит государствотыгар холбонор кэмэ уустаан-ураннаан көрдөрүллүбүт.
Бу уус-уран айымньы, төһө да историческай чахчыларга олоҕурдар, историяҕа сүүс бырыһыан сөп түбэһэрин ирдиир сөбө суох. Уус-уран айымньыга буолбут историческай событиелары ааптар бэйэтин хараҕынан көрөрө, бэйэтин санаатын этэрэ, бэйэтин версиятын биэрэрэ көҥүл дии саныыбын.
Айымньыга билиҥҥи кэмҥэ уопсай ылыныллыбыт көрүүлэргэ соччо сөп түбэспэт чахчылар бааллар. Холобур, Тыгын (Дыгын), хаҥаластар саха историятыгар оруолларын көрдөрүүгэ тус бэйэтин субъективнай көрүүтүгэр, ордук илин эҥэр сорох улуустарыгар тарҕаммыт үһүйээн араас варианын ис хоһоонугар олоҕуран суруйбут. Атын этнографическай быыччыктартан ыллахха, билиҥҥи уопсай ылыныллыбыт көрүүнэн нуучча кэлиэн иннинэ сахалар өлбүт киһини сиргэ көмпөттөрө, араҥастыыллара диэн өйдөбүл баһыйар. Онон ромаҥҥа нуучча хаһаактарын кытта кыргыһыыга өлбүт дьону сиргэ көмпүттэрин ааҕааччы соһуйа ааҕыан сөп. Ол эрээри бу кэнники сылларга Саха сирин археологтара французтары кытта ыыппыт археологическай хаһыыларын түмүгэр бэрт элбэх XIV–XVI үйэлэрдээҕи сиргэ көмүллүбүт сахалар уҥуохтара (ол иһигэр аттаах, кулуттаах көмүүлэр) көстүбүттэрэ.
Түмүктээн эттэххэ Федот Захаров бу бөдөҥ айымньыта былыргы сахалар тустарынан элбэх сонуну биллэрэр кыахтаах.
Г.В. Попов,
филологическай наука кандидата,
СР культуратын үтүөлээх үлэһитэ
2006 с.
Уһуга-киэҥэ биллибэт киэҥ бэйэлээх хонуу куйаарга илгэлээх ардах түһэн, күөх от силигилии үүнэн, уһун кэмнээх өҥ дьыллар буоллахтарына, күөллэр, үрэхтэр, элгээннэр уунан туолаллар. Уйгу-быйаҥ буолан, киһи-сүөһү элбиир, дьоллоох олох туругурар. Ол эрээри сут, кураан дьыллар мүһэлгэлэрэ сатыылаатаҕына, онуоха эбии ымсыы, күөнтэһии, уулаах өҥ сири былдьаһыы, иирсээн баар буоллаҕына, дьон-сэргэ олоҕо огдолуйар. Муҥ-сор буулаан, эрэй-кыһалҕа эҥээрдэһэр.