Номох буолбут кэпсээннэр

О книге

Автор книги - . Произведение относится к жанрам мифы / легенды / эпос, фольклор. Оно опубликовано в 2021 году. Международный стандартный книжный номер: 978-5-7696-6114-3.

Аннотация

Бу хомуурунньукка аныгы да ааҕааччы уйулҕатын хамсатар – хайа иччитин, баабыр, ат, сүүрүк дьон туһунан – мүччүргэннээх түгэннэри сэһэргиир былыргы үһүйээннэр, көстүбэт эйгэ кистэлэҥнэрин быыһын арыйар номохтор киирбиттэрэ кэрэхсэбиллээх.

Уус Майа сиригэр-уотугар Гражданскай сэрии уотунан күүдэпчилэммит сабыытыйалара буолан ааспыттара. Манна сыһыаннаах Боссоойко туһунан уос номоҕор хаалбыт кэпсэллэр, атын да биллиилээх дьоммут туһунан бэлиэтээһиннэр ааҕааччы болҕомтотун тардаллара эрэбил.

Маны таһынан, ааптар төрөөбүт дойдутун айылҕатын дьиктилэрин уустаан-ураннаан хоһуйуутун – кини дойдутугар муҥура суох тапталын долгуйбакка эрэ аахпаккын.

В сборник Евсея Лугинова вошли древние легенды родной устьмайской земли, рассказы о причудах ее потрясающей природы.

Богата устьмайская земля историческими событиями! Воспоминания об известных личностях тех героических лет, да и другого времени как о простых людях со своими достоинствами и слабостями, несомненно привлекут внимание читателя.

Читая эту книгу, никто не останется равнодушным, потому что за каждой строчкой автора чувствуется огромная сыновняя любовь к родному краю, его людям и животворяющей природе.

Читать онлайн Евсей Лугинов - Номох буолбут кэпсээннэр


УОС НОМОҔОР

«Аны биир үйэнэн эргиллиэм!»
(Номохтон кэпсээн)

Былыр, сүүстэн тахса сыллааҕыта, Аллан эбэ кытылыгар, Уус Маайа улууһун 1-кы Эдьээнин нэһилиэгэр, Күбүү Арыыта диэн сиргэ Истиэ эмээхсин уонна Көбүө оҕонньор ииттинэр сүөһүлэригэр, соҕотох аттарыгар сайынын оттонон, эбэлэригэр туулаан, күһүнүн куобахха, куртуйахха туһахтаан – син быр бааччы ыал аатын ылан олорбуттара.

Нус-хастык, эйэ дэмнээхтик күннэрин кылгатан олордохторуна, биир сарсыарда тарбыйахтара өлөр оруутун орулаан, минньигэс ууларын аймаата. Көбүө оҕонньор уһукта биэрэн, ойоҕун соруйда: «Эмээхсиэн, борооскуҥ босхо баран тарбыйаҕын кэйдэ быһыылаах. Тахсан көр эрэ».

Истиэ эмээхсин туран таҥнан, хотонун киирэн көрбүтэ: ынахтаах борооскута быаларыттан тардыста, буугуначчы тыына, харахтарын өҥүргэһинэн көрөн тураллар эбит. Онтон «кэйдэрбит» тарбыйаҕа быатын соспутунан бу утары сүүрэн кэллэ.

– Пахай, тарбыйах быата сөллөн, босхо бардаҕын аайы маннык үргэр баҕайыта үһү дуо? – диэн эмээхсин сүөһүлэрин мөҕө-мөҕө, тарбыйаҕын соһон илдьэн оннугар баайда. Иһигэр бу тарбыйаҕы, арааската, чөчүөккэ моһуоктаата ээ дии саныы, тарбыйаҕар туһаайан иһиллэр гына: – Оттон эн, Мааныкаан, кутуйахтан соһуйан маннык айдааны тардыбат буол, – диэн хомуруйбута буола-буола, төттөрү балаҕаныгар киирдэ.

Оҕонньоро ыйыта тоһуйбутугар, тугу көрбүтүн барытын кэпсээтэ. Киһитэ истэн эрэ кэбистэ.

Сотору турар кэм буолан, эмээхсин чэйин оргутан, күөрчэҕин ытыйаары үгэҕиттэн үүттээх чабычаҕын хостообута: сүөгэйэ барыта булкуллан, иһит иһэ сүөһү, сылгы сааҕынан, бөҕүнэн-сыыһынан туолбут. Эмээхсин соһуйуу-өмүрүү бөҕөнөн киирэн оҕонньоругар кэпсээтэ, иһитин аҕалан көрдөрдө.

– Бэй, хайдах маннык буолбутай? Туох суолун быһа хааман, бу курдук хара накааска түбэстибит? – диэн Көбүө оҕонньор мунаахсыйда.

Ити итинэн ааста. Оҕонньордоох эмээхсин киирэн хоччорхой лэппиэскэлэринэн чэйдээн эрдэхтэринэ, хотоннорун аана аһылла түстэ да, ынах сааҕа кэлэн остуолларыгар «пал» гына түстэ. Онтон хончоҕордорун, лэппиэскэлэрин сиирэ-халты түһүтэлээтэ. Көбүө оҕонньор: «Хайалара дьээбэлэнэ сылдьарый?» – диэн кыыһыран оргуйа түстэ да, остуолга сыппыт быһыччатын туппутунан хотонугар лэппэрдээтэ. Аан сабыллан хаалла. Хотон аанын аһа баттаан иһир-дьэ киирэн, чүүччэйэн көрдө да, кими да булбата. Ол тухары Истиэ эмээхсин эрэйдээх тэллэҕэ тэлибирии, уҥуоҕа халыр-босхо бара оҕонньорун ырбаахытытыттан тутуһан батыһа сырытта.


Рекомендации для вас