Таптал уонна дьүккүөр

О книге

Автор книги - . Произведение относится к жанру современная русская литература. Оно опубликовано в 2021 году. Международный стандартный книжный номер: 978-5-7696-6093-1.

Аннотация

Айымньы сүрүн геройа Бэриэт Түбүктээхэп, билим сыаналаах үлэһитэ, саҥа-сонун толкуйдарын, идеяларын олоххо киллэрэр модун дьүккүөрдээх. Ону кини көнө майгытынан, ыраас сүрэҕинэн, санаатын күүһүнэн, сырдыкка-үтүөҕэ эрэлинэн ситиһэргэ дьулуһар. Онуоха албыны-көлдьүнү, таҥнарыыны, ордук санааһыны, күүстээх утарылаһыыны көрсөр, доруобуйата айгырыыр… Тиһэҕэр Бэриэт тугу ситистэ, олох тургутуутун хайдах туораата? Киһи бу Орто дойдуга тус суолун, аналын буларыгар ким-туох тирэх, өй-санаа, күүс-көмө буоларый? Ону, күндү ааҕааччы, бу айымньыттан билиэҥ.

Главный герой повести – Бэрет Тюбюктяхов, ценный научный работник, усердно воплощает в жизнь современные разработки, оригинальные идеи. Он стремится достигнуть поставленных целей своей честностью, чистым сердцем, добрыми помыслами, надеждой и верой в добро и справедливость. Но он встречает ложь, предательство, зависть на своем пути, здоровье его пошатывается… Чего же в итоге добился Бэрет, как он преодолел суровые испытания жизни? Что или кто в этом мире дарует силы человеку найти свой путь, свое предназначение, становится опорой в трудные дни? Об этом, дорогой читатель, ты узнаешь в данной книге.

Читать онлайн Гавриил Адамов-Сайдам - Таптал уонна дьүккүөр


Таптал уонна дьүккүөр

Бытие пусть определяет сознание,

но сознание не согласно…

Утуйар чаас саҥа буолла. Оттон уу чуумпу сатыылаабыта син ыраатта. Балаата уота ол чуумпуну ылынан эрдэ умуллубута.

Түбүктээхэп Бэриэт Сиидэрэбис санаа аралдьытарга диэн ааттаан бу кэлин күннэргэ хаһыат аҕалтаран ааҕар буолла. Онтукатын син сүүрбэччэ мүнүүтэ курдук ааҕар, ол кэннэ хараҕа сылайар, тохтоон хаалар. Чаас, икки чаас сынньанар, ааҕыытын эмиэ хатылыыр. Оннук эмиэ биир туспа эрэйдээх дьарыгы булан ылла.

Бу киэһэ уот умуллуон иннинэ эмиэ куолутунан хараҕа сылайан, төбөтө ыалдьан барбыта. Утуйар уу ыгыах буолбута.

Хаһыатын туора уурбута, утуйардыы сананан суорҕанын бүрүнэн кэбиспитэ. Кини хараҕын быһа симэн, икки илиитин атахтарын икки ардыгар кыбытан кумуйуоҕунан кумуйан баран нуктаан барбыта. Сылаата таайдаҕа, утуйбут этэ.

Уһуктан кэлэн туумба үрдүгэр уурбут чаһытын көрбүтэ: уон биири ааспыт эбит. Син утуйбахтаабыт, балтараа чаас курдук. Аны мантан түүн төһө, хайдах утуйара буолла?! Айбыт таҥара бэйэтэ билэн эрдэҕэ. Эргийэн ойоҕоһунан сыппыта, уҥа ытыһын иэдэһин анныгар уган хараҕын быһа симмитэ.

Эмиэ дьэ, хаһан утуйуохха диэри, санаа-оноо ытылҕана саҕаланнаҕа…

1

Түбүктээхэптэр төрүт түөлбэлэрэ Быйаҥнаах диэн аатырбыт күөл үрдүгэр турар Барҕа дэриэбинэ буолар.

Быйаҥнаах – икки көс кэриҥэ усталаах, хас эмэ биэрэстэ туоралаах, ортотугар дьоҕус арыылаах ытык эбэ. Көтөрө, балыга дэлэйинэн, хара тыатыгар кылааннаах түүлээх, булт-алт арааһа тоҕуоруһарынан үйэ тухары аар-саарга аатырар. Эбэ илиҥҥи үрдүк эҥэрин биир мааны кырдалыгар Барҕа дэриэбинэ олохсуйбут.

Бу күөл тулатыгар хатыҥ чараҥ үтүөтэ баар. Тиит, харыйа, бэс мас булкаастаах аар тайҕата муҥура биллибэт киэҥ сиринэн тайыыр. Алаастар диэн ааттанар киэҥ нэлэмэн сыһыылар аайы, Быйаҥнаахха да тэҥнэспэтэллэр, бэрт улахан күөллэр нэлэһийэллэр. Олор тулалара бы-лыр былыргыттан күөх быйаҥнарын өлгөмнүк өрө анньаллар. От барахсан муҥутаан үүммүт кэмигэр сэниэлээх соҕус сиккиэр тыал сипсийэн бардаҕына ходуһа киэҥ иэнэ муора долгунун санатан, араас өҥүнэн биир күдьүс долгулдьуйар, күн уотун кытта оонньоһор тамана кылапачыйа күөгэҥниир. Ол көстүү хайа да бэйэлээх нохтолоох сүрэҕин долгутар, иһийбит эрчимин уһугуннарар, ходуһа хоһууна буоларга булгуччу ыҥырар дьиктилээх. Дьон-сэргэ барахсан бу быстыбат быйаҥтан сомсон сүөһү, сылгы ииттэллэр – түөлбэ дьонун бу сүрүн дьарыгын ситимин быспакка хас үйэлэргэ илдьэ кэлбитин ким да билбэт. Билэ да сатаабат. Ол дьарык үйэлэр тухары баара, баар буолуоҕа даҕаны диэн өйдөбүл бигэтик иҥмит түөлбэтэ – Барҕа барахсан буоллаҕа!


Рекомендации для вас