Сүрэх кистэлэҥэ

О книге

Автор книги - . Произведение относится к жанру современная русская литература. Оно опубликовано в 2013 году. Международный стандартный книжный номер: 978-5-7696-4320-0. Книга является частью серии: Оо, эдэр саас!.

Аннотация

Эдэр ааптар кэпсээннэригэр күннээҕи олоххо үгүстүк көстөр быһыыны-майгыны, чугас дьон сыһыаннарын, киһи саныыр санаатын, омос көрдөххө, балачча суруллан кэлбит тиэмэлэри арыйар эрээри, хас биирдии айымньыта дириҥ ис хоһоонноох, ааҕааччыны долгутар уонна толкуйдатар аналлаах. Таптал таабырына, уоллаах кыыс сүрэхтэрин кистэлэҥэ, олох очуругар бүдүрүйэн да баран көнүү – бу буоллаҕа олохпут тутуллан турар тутула, үйэлэргэ ахсаабат өй уонна сүрэх мөккүөрэ, олох олорор, киһи аналын толорор туһугар дьулуур көстүүтэ.

Сорох кэпсээннэр «Эдэр саас» хаһыат «Сүрэх кистэлэҥэ» рубрикатыгар бэчээттэммиттэрэ.

Читать онлайн Ангелина Васильева - Сүрэх кистэлэҥэ


Куобах Уос

Төрүүр дьиэҕэ бүгүн атыттартан туох да уратыта суох көннөрү күн. Улахан истээх, халааттаах, пижамалаах, кырааската суох сирэйдээх кыргыттар, дьахталлар болдьохторо хаһан туоларын, «таһаҕастарыттан» хаһан босхолоноллорун кэтэһэллэр. Палааталарга алталыы, аҕыстыы сороҕор уоннуу буолан симиллэн сыталлар. Ол үрдүнэн баппакка, саҥа киирээччилэр көрүдүөргэ истиэнэни кыйа тардыллыбыт ороннорго сытарга күһэллэллэр. Дьоллоох Дьокуускайга дьол көрдөһө көһөн кэлэр дьон элбээн, төрүүр дьиэҕэ дьахталлар баппат буолбуттар.

Сарсыарда аайы аһаан, суунан-тараанан баран, уһуун-уһун, ыстыыр ыас курдук уунаҥнас бириэмэни ыыта сатаан бары да эрэйи көрөллөр. Ким кинигэ ааҕар, ким төлөпүөнүнэн кэпсэтэр, ким аһыыр… Суотабай төлөпүөн дьоҥҥо төһө да тарҕанан эрэр буоллар, кэпсэтии сыаната тос курдук, онон наадаҕын эрэ кэпсэтэҕин.

Истэрин ыначчы көтөхпүт, кус курдук иҥнэҥнээн, лаппаҥнаан хаамар дьахталлар систэрин туттубутунан күҥҥэ хаста да төрдүс этээһи иилии сытар көрүдүөрү төгүрүччү эргийэллэр. Бэйи, сытар да сылаалаах. Барар-кэлэр сир биир көрүдүөрүнэн эрэ кэмнэнэр да буоллар, хаамыахха, хамсаныахха эмиэ наада буоллаҕа! Ол сүрэҕэлдьээбиттии хаама сылдьан, дьахталлар аат харата да буоллар, кэпсэтэ иһэллэр.

Манна ким барыта тэҥнэһэр. Үрдүк сололоох хотун буол, баҕар, муоста сууйааччы да буол, оскуоланы бүтэрэ илик эдэркээн кыыстан саҕалаан сааһырбыт ыал ийэлэригэр тиийэ – бары тэҥнэр. Сотору кэминэн абытай ыарыыга эбэтэр иһи хайытар сэрэхтээх эпэрээссийэҕэ тиксэр айылҕа анаабыт иэһин иннигэр бары биирдэр. Манна соло, дуоһунас сууйуллар, чыын-хаан сотуллар, саас даҕаны суурайыллар. Ол иһин хаһааҥҥытааҕар даҕаны чэпчэкитик билсиһэллэр, хомоҕойдук кистэлэҥнэр арыллаллар, өрөөбүт уос өһүллэр, хоммут уос хоҥнор, ким-хайдах олохтооҕо биллэн тахсар.

Дьахтар дьылҕата… Дохсун ардах кэнниттэн уу мустан-мустан баран, биир сиринэн тоҕо көтөн өрүскэ киирэрин курдук, дьахтар бары кэриэтэ төрүүр дьиэ нөҥүө ааһар. Уопсастыба баастарын, судургута суох аныгы кэм кумалаабыт араас дьылҕалаах дьахталлар олохторунан тыктаран, бу манна булан көрөҕүн…

Холобура, бу уон биэс саастаах нуучча кыыһа. Хап-хатыҥыр, куп-кубаҕай, оҕо сааһыттан тахса илик көрүҥнээх. Чачархай баттаҕын аннынан ып-ырааһынан, күп-күөҕүнэн көрөн кэбиһэр. Ханна кэлбитин, туох кинини күүтэрин ситэри өйдүү илик бадахтаах. Сүүрбэтин ааспыт олбуор «баһылыга» уолу кытта сылдьыбытын түмүгэр бу киирэн сыттаҕа. Кыыс ийэлээх аҕата бытыылканы төрөппүт оҕолоруттан ордорбуттара ырааппыт, онон аҕа саастаах уол көмүскүө-харыһыйыа диэн эрэммитэ ханна баарый? Сааһын ситэ илик кыыһы кытта хоонньоспутун иһин хаайыыга угуохтара диэн куттанан, эһэтигэр Омскай уобаласка куоппут сурахтааҕа. Кыыс онтон хомойон, түүн сыттыгын илитэр, бэйэтин уонна төрүөхтээх оҕотун инники олохторо хайдах салаллыан сатаан ыйдаҥардыбат…


Рекомендации для вас