Тыал уурайыахча уурайбата. Тохтуохча буола-буола, эбии сэтэрэн, быһыта биэртэлээн кэлэр. Бу билигин намыраан турар. Омос истэргэ букатын да астыбыт курдук. Ол эрээри, түннүгүнэн оол көстөр мастар чыпчааллара биэтэҥнэһэ туралларынан сылыктаатахха, тыал өтөрүнэн тохтуур чинчитэ суох.
Бары-барыта кумуйан-бүүрүллэн, киһи кута-сүрэ тохтуо суох курдук курас. Сытыы сааскы тыал – эркин эрэ, туох эрэ диэн иҥнибэккэ – эргэрэн эрэр дьиэни курдары үрэн кэбиһэргэ дылы…
– Эһиги «Сонуннар» киэһээҥҥи таһаарыыларын истэҕит. Улуу Кыайыы 57 сылыгар анаммыт хайыһар походугар Дьокуускай куорат 1-кы нүөмэрдээх училищетын үөрэнээччилэрэ турунуохтара. Онно бэлэмнэнии утумнаахтык…
Миитэрэй оҕонньор аҕылыы-аҕылыы, тайаҕар тэптэрэн кэлэн, бакыр тарбахтарынан араадьыйаны саба тутан кэбистэ. Эркиҥҥэ өйөнөн, тыын ыла түһээри, чочумча турбалыы түстэ. Онтон уҥа ытыһын холбоччу тутан кулгааҕар даҕайда уонна, арааһа, араадьыйаны буоллаҕа буолуо, иһиллиирдии тутунна.
Им-ньим. Арай оһох барбах таһырҕаан ылаттыыр уонна таһырдьа тыал хардьаны кыыкынатара иһиллэр. Күн, бу өйдөөн көрдөххө, биллэ уһаабыкка дылы эбит. Туох да бэйэлээххэ кыайтарыа суох курдук баары эрэ барытын тоһута тоҥороору буугунаан күрдьүөтэммит Дьыл оҕуһун моонньоох баһа түһүөхчэ буоллаҕа. Бээ, арба, бүгүн хаһыс этэй?
Миитэрэй абына-табына намылыйбыт туртаҕар бытыгын имэринэн ылла уонна кыараҕас харахтарын симириктэтэ-симириктэтэ халандаарын диэки көрбөлөөтө.
Тууй-сиэ! Халандаарын лииһин эмиэ көтөхпөккө хаалбыт дуу, хайа үөдэн дуу? Кырдьар – кырыыс, сорсуйар – сор диэн, дьэ, итини этэн эрдэхтэрэ.
Урут – этэргэ дылы, ойуур отун-маһын тардыалаан көрөр эрдэҕинэ – Миитэрэй халандаар лииһин быһыта тардан быраҕан иһэр этэ. Ол бэйэтэ билигин тоҕо эрэ оннук гыныан санаата буолбат, бэл айыырҕыыр да курдук, онон ааспыт күннээх лииһи тиэрэ быраҕан, эрэһиинэҕэ туттаран иһэр.
Даа, кутуйах хаамыытынан да буоллар, сынтарыйар диэни билбэккэ утумнаахтык чыбырҕатыы диэн бу буоллаҕа ээ. Онно холоотоххо, биһиги дьон оннук буолуохпут баара дуо?..
Миитэрэй аргыый үөһэ тыынан баран, оһоҕун диэки сүдьүҥнээтэ. Тиийэн, чыыппаанынан оһоҕун аанын арыйда уонна, таһырдьаттан тоҥон-хатан киирбит киһи курдук, тарбахтарын саратан уот суоһугар сырайда. «Ыч-ча-аа!.. Тоҥоро тоҕо бэрдэй?!» – аны көхсүн аста.