«Кэпсиэ» кэннэ аһаҕастык

О книге

Автор книги - . Произведение относится к жанру современная русская литература. Оно опубликовано в 2017 году. Международный стандартный книжный номер: 978-5-7696-5219-6.

Аннотация

Хомоҕой хоһоонньут, талааннаах суруналыыс Н.В. Михалева-Сайа саха көрөөччүтүн кутун туппут, киэҥ биһирэбилин ылбыт «Кэпсиэ» биэриитин хайдах толкуйдаан, торумнаан, айан таһаарбытын, аҕыйах кэм иһигэр биэрии хас биирдии саха ыалыгар күндү ыалдьыт буолбутун сиһилии сэһэргиир. Ааҕааччы күөх экран күндэлэс көстүүтүн кэтэҕэр хайдах олох баарын билиэн, бу биэрии биллии-биһирэбил муҥутуур чыпчаалыгар сылдьан соһуччу тоҕо тохтообутун туһунан ыйытыытыгар хоруйун мантан булуон сөп.

Кинигэ иккис баһыгар дьоҕурдаах суруналыыс саха чаҕылхай дьонун араас өттүлэриттэн арыйар суруйуулара талыллан киирдилэр.

Бу киэҥ ааҕааччыга анаммыт хомуурунньук тэлэбиидэнньэ суруналыыстыкатын умсугутуулаах идэтин талбыт эдэр дьоҥҥо бастыҥ сүбэһит быһыытынан кэрэхсэниэ.

Читать онлайн Наталья Михалева-Сайа - «Кэпсиэ» кэннэ аһаҕастык


Аан тыл

– Сайа! Тохтоо, тохтоо! – пиибэ атыылыыр киоска аттыттан сирэйэ ыраахтан кытаран көстөрүттэн сылыктаатахха, биллэ холуочуйбут, Бэйиэт диэн аатынан бэйэтин улаханнык ааттаммыт билэр киһим далбаатаммытынан ситэн кэлбитэ: – Сайа! Тоҕо эйигин абааһы көрөллөрүй? Эйигин 80 бырыһыан саха киһитэ муҥура суох таптыыр, оттон 20 бырыһыан саха киһитэ муҥура суох абааһы көрөр… Таптыыр – тоҕо диэтэххинэ, эн дьиҥнээх талааҥҥын! Абааһы көрөр – эмиэ талааныҥ иһин! Эн мэһэйдиигин, талааҥҥынан харахтары аалаҕын…

Ити көрсүһүү 2004 сыллаахха этэ. Мин тугу да кыайан булан хоруйдаабатаҕым, арай сирэйим ол биллэ холуочуйбут Бэйиэт буолбатах бэйиэт киэниттэн итэҕэһэ суох кытаран, дьон хараҕын утары көрөр кыаҕа суох умса туттан, «Холбос» уопсайыгар икки кыыспынаан киһи соччо ымсыырыа суохтук сир таһааран олорор быыкаайык хоһум диэки сүүрэр-хаамар былаастаах куоппутум. Ити кэмҥэ мин саха тэлэбиидэнньэтигэр «Кэпсиэ» биэриини иккис сылбын таһааран эрэр, үлэ түбүгүнэн уонна үлэ үөрүүтүнэн эрэ тобус-толору олохтоох киһи этим. Бэйэм буоллаҕына 40 саастаахпын, син олох аһыытын-ньулуунун амсайбыт, оллурун-боллурун аахпыт саҕа сананарым. Идэм быһыытынан кыайа-хото тутар, сөбүлүүр эйгэбэр ыарырҕатан көрбөккө күн солото суох түбүгүрэрим. Дьон-сэргэ ол үлэбин хайдах ылынарын-ылымматын туһунан өссө улаханнык толкуйдуу барбакка, санаам хоту айан, үлэлээн… Хоһоон суруйар курдук, бииртэн биир биэриилэри таһаартыырым: иэйэн, умсугуйан, тиритэ-хорута сыралаһан… Оттон ити соччо бодоруспатах да буоллар, билэр киһибиниин көрсүһүү… Бастакы санаам «Тоҕо элбэҕэй! 20 бырыһыан! Абааһы көрөллөр? Туох иһин?» диэн этэ.

Билигин 2017 сыл. «Кэпсиэ» биэрии саха экраныттан сүппүтэ ыраатта. Уулуссаҕа мин диэки ыйытардыы көрбүт хас биирдии харахха «Хайа, «Кэпсиэбит» аны тахсыа дуо?» диэн уларыйбат ыйытыыны аахпыт кэмим кэннибэр хаалла. Саха киһитин хас бырыһыана эбитэ буолла! Аахпаппын, ааҕа сатаабаппын. Ол эрээри билэбин: барыгытыгар да буолбатар, баһыйар үгүскүтүгэр баарбын биллэрбиппин, санаабынан сайбыппын, иэйиибинэн тиийбиппин, кэпсээмминэн кэрэхсэппиппин… Билэбин ол быыһыгар: биирдиилээн ким эрэ биһирэбилигэр киирбэтэхпин, ким эрэ сулуһун соһуччу уоппунан суһуктуппуппун, кини ыра гыммыт ыраах чыпчаалыгар эмискэ баар буолан мэһэйдээбиппин… Өйдүүбүн, Орто дойдуга өссө да баарбын, ол иһин ону барытын холкутук ылынабын: баалаабаппын, баайсыбаппын, улуутумсуйбаппын. Хайҕалга, махталга хараҥарбаппын, хопко, холуннарыыга өһүрбэппин.


Рекомендации для вас