Кырыыстаах таас

О книге

Автор книги - . Произведение относится к жанру современная русская литература. Оно опубликовано в 2007 году. Международный стандартный книжный номер: 978-5-7696-2733-0.

Аннотация

Ааптар бу айымньытыгар Халыма кыһыл көмүһүн кимнээх хаһан, хайдах арыйбыттарын уонна чинчийбиттэрин туһунан номохторго, докумуоннарга олоҕуран сэһэргиир. Кыһыл көмүһү көрдөөһүн, чинчийии үлэлэрэ үгүс ыарахаттардаах, күчүмэҕэйдэрдээх, мүччүргэннээх. Сырыыны-айаны кыайар дьулуурдаах, идэлэригэр өй-санаа өттүнэн уһулуччу бэриниилээх дьон үлэлэрэ-хамнастара ромаҥҥа сиһилии кэпсэнэр.

Читать онлайн Василий Егоров - Кырыыстаах таас


Аан тыл

Сахабыт сирин киэҥ нэлэмэн киэлитигэр биһигиттэн, аҕыйах ахсааннаах олохтоох омуктартан, ураты төһөлөөх элбэх араас омук дьоно кэлэн үлэлээн-хамсаан, олох олорон, сири-дойдуну чинчийэн-үөрэтэн, баайын-дуолун туһаҕа таһааран, урукку Сэбиэскэй Союһу, Арассыыйа Эбэ Хотуну барҕаппыттара, байыппыттара буолуой? Бу өттүнэн ыллахха, күүстээх хамсааһын Алдан кыһыл көмүһэ аһыллыаҕыттан – ааспыт үйэ сүүрбэһис сылларыттан ыла саҕаламмыта. Оччотооҕу «Алданзолото» трест кылаабынай геологынан үлэлээбит эдэр геолог Юрий Александрович Билибин эрчимнээх туруорсуутунан, 1928 сыллаахха маҥнайгы Халыматааҕы экспедиция тэриллибитэ. Бу экспедиция балтараа сыллаах үлэтин түмүгүнэн, аҕыйах сылынан «Дальстрой» трест олохтоммута. Мантан ыла Саха сиригэр көмүс промышленноһа күүскэ сайдыбыта.

Дойдубут бу кэминээҕи историята, оччотооҕу далааһыннаах үлэ-хамнас, ГУЛАГ тэриллиитэ, түҥ тайҕа кистэлэҥин курдук, баччааҥҥа диэри тыытыллыбакка, арыллыбакка сытар. Бу үрүҥ да, хара да өрүттээх үс көлүөнэ дьон олоҕун устата салҕанан барбыт кэм – бүтүн эпоха – биһиги республикабыт ааспыт үйэтээҕи историятыгар биир саамай улахан миэстэни ылар. Онон бу салаа хайа эрэ өттүнэн сырдатыллыбакка хаалара дойдубут ааспыт кэминээҕи олоҕун үөрэтии итэҕэһин быһыытынан билиниллиэхтээх.

1982 сыллаахха тахсыбыт «Кырыыстаах таас» сэһэн история бу кистэлэҥин сэгэтэн көрүү эрэ быһыытынан суруллубута. Сэһэн тахсыбыта үйэ чиэппэрэ ааспытын кэннэ, бу темаҕа иккистээн эргиллэн, кыах тиийэринэн, доруобуйа төһө көҥүллүүрүнэн салгыы үлэлэһэн көрүөх санаа күөрэйдэ. Олохтоохтору өрө көтөхпөтөх көмүс промышленноһын сайыннарыынан сибээстээн, бүтүн Илин Сибиир киэҥ иэнин тухары төһөлөөх элбэх киһи дьылҕата түстэммитин, төһөлөөх дьон уҥуоҕа урусхалламмытын ситэри ыатарар кыах кимиэхэ да бэриллибэт. Ону арыйарга хас да уонунан кинигэ – эпопея суруллуон наада. Ол биир киһи кылгас үйэтигэр кыаллыбат. Онон урукку сэһэммин ромаҥҥа кубулутан, Халыма көмүһүн былааннаахтык чинчийэн арыйбыт уһулуччулаах учуонай Ю.А.Билибин уонна кини соратнига, Магадан куораты төрүттээбит В.А.Цареградскай маҥнайгы экспедицияларын туһунан саҕалааһыны ааҕааччылар болҕомтолоругар таһаарарга холоннум.

Революция иннинэ да, сэбиэскэй да кэмҥэ, күн бүгүн даҕаны кыһыл көмүс ыар тыынын сабыдыала биһиэхэ, олохтоох омуктарга, үтүөнү оҥорбутунааҕар араас содулу аҕалбыта улахан. Онон «Кырыыстаах таас» диэн аат хайа да кэмҥэ суолтата сүппэт.


Рекомендации для вас